Саха сиригэр өҥүрүк куйаас түһэрэ күүтүллэр

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

+33 кыраадыска тиийэ өҥүрүк куйаас Саха сиригэр буолара күүтүллэр, ол туһунан ТАСС-ка Россия Гидрометкиинин научнай салайааччыта Роман Вильфанд эттэ.

«Аномалия 7 кыраадыстан үөһэ буоллаҕына — бу сэрэхтээх көстүү. Саха сиригэр бэс ыйын 21 — 24 күннэригэр аномалиялар 8–11 кыраадыска тиийиэхтэрэ, ол эбэтэр муҥутуур өҥүрүк куйаас + 29… +33 кыраадыс», — диэтэ Вильфанд.

Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 22 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр күнүс +25… +30, киин оройуоттарга +20… +25, Халымаҕа +28… +33 кыраадыска тиийиэҕэ.

Бу күннэргэ Томпоҕо, Усуйаанаҕа, Абыйга, Муомаҕа, Орто Халымаҕа этиҥ түһэрэ күүтүллэр, тыалын түргэнэ 15–20 см.

Дьокуускайга чэппиэр буолар түүнүгэр ардахтаах, күнүс сөҥүү түспэт. Күнүс +22… +24 кыраадыс.

This post was published on 22.06.2023 11:28 11:28