Балаҕан ыйын 19 — 23 күннэригэр, Предпринимателлэр күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, бизнес-сообщество мустан мунньахтыаҕа. Бэйэ дьарыктаахтар, предпринимателлэр уонна бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаахтар дьыалабыай контактарын кэҥэтиэхтэрин сөп.
Дискуссионнай тэрээһиннэр, маастар кылаастар саҥа компетенциялары сайыннарыахтара, бастыҥ бизнес-кейстары кытта билиһиннэриэхтэрэ.
Спикердарынан предпринимательство миниистирэ Тимур Ханды, экономика миниистирэ Майя Данилова, предпринимателлэр бырааптарыгар боломуочуйалаах Альбина Кычкина, «Клио Хотелс» генеральнай директора Геворг Аветисян (Краснодар), «Сделано в Якутии» предпринимателлэр Ассоциацияларын председателэ уонна «Камелек» хампаанньа генеральнай директора Ольга Григорьева, бизнес-тренер Елена Майзлина (Санкт-Петербург), фудфотограф Наталья Оконешникова уо.д.а. үлэлиэхтэрэ.
Пленарнай сессияҕа Ил Дархан Айсен Николаев кыттыаҕа.
This post was published on 14.09.2022 11:31 11:31