Бу нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ сорох улууһугар тымныылар күүһүрдүлэр. Холобура бүгүн, Өлөөн киинигэр уонна Харыйалаах бөһүөлэгэр салгын температурата -52 кыраадыска тиийэ түстэ. Маныаха тыа сирин олохтоохторо күнүстэри-түүннэри оһохторун оттон күөдьүмнэтэллэр.
Оһоҕун оттуллар дьиэлээх киһи бэйэтин туһатыгар оттукка маһы кэрдэргэ ойуур хаһаайыстыбатыттан көҥүл ылар. Маныаха бастатан туран сайабылыанньа суруйуохха наада. Ону тэҥэ биэдимистибэҕэ пааспар уонна ИНН төгүлүн туттараҕын. Ол кэннэ оһоҕунан оттон олороргун туоһулуур дьиэҥ техническай пааспарын эмиэ көрдөрөҕүн.
Оччоҕуна 30 куб маска диэри көҥүл биэрэллэр. Өскөтүн тэлгэһэҕэр оһоҕунан оттуллар хараастаах уонна баанньыктаах буоллаххына, 60 кубка диэри мас кэрдэргэ көҥүл биэриэхтэрин сөп.
Хас биирдии улуус ханна мас кэрдэргин бэйэтэ ыйан биэрэр. Холобура киин куоракка маннык учаастактар 25 килэмиэтир тэйиччи сыталлар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бигэргэммит сыыпаранан 1 куб иһин төлөбүр 2 солкуобай 60 харчы. 30 кубка 78 солкуобай, 60 кубка 156 солкуобай буолар. Холобурдуур буоллахха бортобуой уазикки 3 куб мас киирэр. Бу иһин 7 солкуобай 80 харчыны төлүүгүн. Дьонтон атыылаһаргар суумата биэс тыһыынча солкуобайга тиийэр.
Ааспыт сылтан дойду үрдүнэн сытынньаҥ маһы босхо ылыы көҥүллэммитэ. Ол эбэтэр эмэҕирэн сууллубут, эбэтэр тыалтан, силлиэттэн охтубут биитэр куруҥ буолбут маһы соһон ыллыахха сөп. Сокуон ону боппот. Кылаабынайа бэйэҥ эрбиэ-кэрдиэ суохтааххын. Маннык күөҕүнэн чэлгийбэт маһы төһө баҕарар ылан, кыаллар буоллаҕына оттук оҥостоҕун.
This post was published on 06.12.2019 11:34 11:34