Быйылгы оттугу бэлэмнииргэ быһа холуйан 27 млрд.солк. ороскуоттаммытын туһунан дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба миниистирэ Гаврил Левин эттэ.
«Ити түмүгэр ДьКХ наадатыгар тиэллэн кэлэр бородууксуйанан хааччылыы 98,3% туолла», - диир кини.
Кини эппитинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 17 саҥа хочуолунай үлэтин саҕалаата. «Итиинэн хааччыйыы саҥа эбийиэктэрин тутууга уонна уруккулары өрөмүөннүүргэ 14 млрд солк. туһаныллар. Былаан быһыытынан 43 саҥа хочуолунай үлэлиэхтээх, итинтэн 17 номнуо үлэлээтилэр», — диэтэ миниистир.
Дьокуускай баһылыгын сүбэһитэ Наталья Демина этэринэн, киин куорат коммунальнай хаһаайыстыбатын комплексын өрөмүөннээһиҥҥэ бюджеттэн 196 мөл. солк. бэриллибит. Ити былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ 60% элбэх.
This post was published on 07.10.2016 14:57 14:57