Саха сиригэр отону хомуйуу болдьоҕо быһаарылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Экология министиэристибэтэ Саха сиригэр 2024 сылга отону хомуйуу болдьоҕун таһаарда. Бастаан дьэдьэн уонна хаптаҕас ситэр.

От ыйын 10 күнүгэр Аммаҕа уонна Уус Алдаҥҥа дьэдьэни хомуйуу саҕаланар. От ыйын 15 күнүттэн Таатта, Чурапчы дьэдьэнниирэ уонна хаптаҕастыыра көҥүл буолуоҕа. Сугун — от ыйын 20 күнүттэн.

Моонньоҕон уонна кыһыл отон атырдьах ыйын ортото ситэллэр. Киин уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар атырдьах ыйын 25 күнүттэн хомуйбутунан барыахтара, хоту — отон атырдьах ыйын бүтүүтэ хомуйарга сөп буолуоҕа.

Охтаны хоту улуустарга атырдьах ыйын бастакы аҥарыгар хомуйуохтара. Малина Бүлүү бөлөххө үүнэр, от ыйын 16 — 22 күннэригэр хомуйуу саҕаланар.

Черниканы Мииринэйгэ атырдьах ыйын саҕаланыыта, оттон Ленскэйгэ, Нерюнгрига — атырдьах ыйын ортото.

Кедр эриэхэтэ — атырдьах ыйын 25 күнүттэн, сорох сирдэргэ — балаҕан ыйын 1 күнүттэн.

Тэллэйгэ хааччах суох.

This post was published on 03.07.2024 15:01 15:01