Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта — тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев улуустары кытта быһа сибээскэ тахсан мунньахтаата. Кини от ыйын 10-тан атырдьах ыйын 15 чыыһылатыгар диэри оту бэлэмнээһиҥҥэ кимиилээх хамсаныы ыйын биллэрдэ.
Бастакы вице-премьер — тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ бэлиэтииринэн, бэс ыйыгар киин улуустарга ардах түспэтэҕинэн, от үүнүүтэ үрдүк сирдэргэ мөлтөх. Быйыл от Ньурба уонна Сунтаар улуустарыгар хойуутук үүнэригэр эрэнэллэрин эттэ. Онно кэмигэр сөптөөх ардах түспүт.
«Хоту улуустарга кыһынын халыҥ хаар түһэн, ходуһалар билигин да ууга сыталлар. Онон оттуурга кытаанах буолуо. Бу оройуоттарга министиэристибэ анал хамыыһыйалара тиийэн миэстэтигэр үлэлиэхтэрэ. Сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ сөптөөх суһал миэрэлэри ылыахтаахпыт», — диэтэ Петр Алексеев.
Кини эбэн иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар оту тиэйиигэ-таһыыга үп көрүллүбэтэх.
This post was published on 05.07.2017 16:30 16:30