2024 сыл бэһис нэдиэлэтин бүтүүтүгэр ОРВИ-нан ыалдьыы ааспыт нэдиэлэни кытта тэҥнээтэххэ, 31% эбилиннэ. Уопсайынан эпидпорог 11,2% улаатта.
Ол туһунан Роспотребнадзор суруйда.
Өрөспүүбүлүкэҕэ аҕыс тыһыынчаттан тахса ОРВИ ыарыы баара бэлиэтэнэр. 3–6 саастаахтарга 3,8%, 7–14 саастаахтарга 13%, 15 саастаахтарга 57% ыарыы эбиллибит. Сүрүннээн тумуу буолбатах этиологиялаах вирус — 64% (РС-вирус, парагрипп, аденовирус, риновирус, сезон коронавируһа), маны сэргэ саҥа коронавирус инфекцията – 20%.
This post was published on 07.02.2024 14:03 14:03