Саха сиригэр ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ ОРВИ 7501 түбэлтэтэ бэлиэтэммит, бу эпидемическэй боруоктан 77,9% үрдүк. Бу туһунан регионнааҕы Роспотребнадзор иһитиннэрэр.
Ыарыы эпидемическэй боруогун куоһарыы сүрүннээн оҕолор ортолоругар бэлиэтэммит. Бу курдук бөлөхтөргө: 3-6 саастаахтарга, 7-14 саастаахтарга, 15 уонна онтон аҕа саастаахтарга.
ОРВИ уонна грипп лабораторнай мониторингын дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар риновирус, парагрипп, RC-вирус, аденовирус, бокавирус сүрүннээн бэлиэтэнэр.
This post was published on 20.09.2023 16:23 16:23