Саха сиригэр оройуоннар икки ардыларыгар айанныыр оптуобустар маршруттарын оҥороллор

Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа “Дьокуускай — Бэрдьигэстээх” уонна “Дьокуускай — Аллараа Бэстээх — Алдан — Нерюнгри” оптуобус маршруттарын бэлэмниир. Тырааныспар министиэристибэтигэр бу үлэ Ил Дархан сорудаҕынан ыытылларын бэлиэтииллэр.


Массыына суолларын чинчийэн көрүү түмүгүнэн итилэр туруктара оптуобус сырыытын кэлэр сылтан арыйарга кыаҕы биэрэр”, — диэтэ суол сулууспатын уонна массыына тырааныспарын департаменын отделын салайааччыта Владислав Романов.

Хамыыһыйа салгыы үлэлиир. Аны “Дьокуускай — Нам”, Дьокуускай — Покровскай — Мохсоҕоллоох” уонна “Дьокуускай — Мирнэй” туһаайыыларыгар барыахтара.

Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ массыына суолларыгар тахсыбыт суол быһылааннарыгар 9 киһи суорума суолламмыта уонна 22 киһи эчэйиини ылбыта.

This post was published on 30.03.2018 16:58 16:58