Саха сиригэр уопсастыбаннай тырааныспар тохтобулларыгар уонна култуура-сынньалаҥ пааркаларыгар табахтыыр бобуллуоҕа. Туһааннаах сокуон барылын Ил Түмэн мунньаҕар бигэргэттилэр.
Парламент спикерэ Алексей Еремеев эппитинэн, сокуон барыла табахтаабат дьон бырааптарын харыстыыр сыалтан ылылынна. «Депутаттар санаалара араастаһар, ити эрээри бастакы ааҕыыга сокуону ылынныбыт. Табахтаабат дьон бырааптарын харыстыыр сыалтан, тоҕо диэтэххэ наука уонна медицина дакаастаабытынан, табахтаабат киһи табахтыыр киһи таһыгар туран, син-биир «пассивнай» табахсыт буолар», — диэтэ Алексей Еремеев.