Олунньу 20 — 28 күннэригэр Саха сиригэр «Пешеход» суолга сэрэтэр үлэ ыытыллар, ГИБДД управлениета иһитиннэрдэ.
Тохсунньу 1 — олунньу 20 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ суолларыгар сатыы киһи кыттыылаах 16 массыына саахала таҕыста. Ол түмүгэр 4 киһи суорума суолланна, 13 киһи араас эчэйиини ылла.
Сатыы киһи буруйунан биэс суол быһылаана таҕыста, икки киһи өллө, үс киһи эчэйдэ.
Сатыы сылдьар оҕолор кыттыылаах икки ДТП таҕыста, икки оҕо эчэйдэ.
ГИБДД управлениета суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырар.
This post was published on 21.02.2022 16:01 16:01