Бүгүн Саха сиригэр соҕуруу, соҕуруулуу-илин, хотугулуу-арҕаа кыракый хаар, арҕаа уонна киин сиргэ тымныы туман күүтүллэр. Ол туһунан УГМС иһитиннэрэр.
Тыал орто, Арктика соҕуруу уонна арҕаа кытылыгар тыал күүһүрэр кэмигэр 15-20 м/с тиийиэҕэ, буурҕа.
Күнүс -30…-35°, соҕуруулуу-арҕаа -25…-30°, хотугулуу-арҕаа уонна хотугулуу-илин намыһах сирдэринэн -40 … -45°.
Дьокуускайга — мөлтөх хаар, арҕааттан тыал 2-7 м/с. Күнүс температура -31…-33°.
This post was published on 05.02.2026 08:02 08:02