Саха сиригэр олунньу 27 күнүгэр халлаан туруга

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бүгүн Саха сиригэр кыра хаардаах, киин уонна арҕаа өттүгэр миэстэлэринэн орто хаар буолара сабаҕаланар. Ол туһунан УГМС иһитиннэрдилэр.

Тыал орто. Булуҥ уонна Анаабыр оройуоннарын кытылыгар хотугулуу-илиҥҥи тыал, күүһүрэр кэмигэр 16-21 м/с, сорох сирдэринэн буурҕалаах.

Күнүс кииҥҥэ -11…-16 °С, илин -5…-10 °С, арҕаа уонна соҕуруу -18…-23 °С, хотугулуу-илин -28…-33 °С.

Дьокуускайга кыра хаар күүтүллэр, соҕуруулуу-арҕаа тыал, 2-5 м/с. салгын температурата күнүс -14…-16 °С.

This post was published on 27.02.2026 08:01 08:01