Бүгүн Саха сирин улахан өттүгэр кыракый хаар күүтүллэр, киин уонна соҕуруу улуустарга сорох сирдэринэн ортотук хаардыаҕа. Тыал орто, арҕаа, соҕуруу, Аллараа Өлүөнэҕэ сорох сирдэринэн 9-14 м/с дылы тыаллаах. Бу туһунан УГМС иһитиннэрэр.
Күнүс температура -20…-25 °C, соҕуруу -10…-15 °C, хотугулуу-илин уонна хотугулуу-арҕаа -32…-37 °C.
Дьокуускайга кыра хаар, күнүс хотугулуу-арҕааттан тыаллаах, 2-7 м/с. Күнүс -21…-23 °С.





