Саха сиригэр олорор, үөрэнэр устудьуон социальнай стипендия ылыан сөп

Саха сирин үгүс устудьуона судаарыстыбаттан көмө ылар кыахтанна. Ол харчытынан ханнык эмэ босхо өҥөнү, эбэтэр тугу эрэ атыылаһыыга чэпчэтиинэн туһаныан сөп. Устудьуоннар материальнай өйөбүлгэ наадыйаллар, онон эбии көмөттөн аккаастамматтар. Үлэ министиэристибэтэ быһаарыылары биэрэр, суруйар СИА.


Социальнай ситимнэргэ устудьуоннар төрөппүттэрэ стипендиянан туһаныыга ыспыраапканы хайдах ылар туһунан туоһулаһаллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин 17.04.2020 с. №22-н нүөмэрдээх бирикээһинэн, ыспыраапканы истэн үөрэнэр уонна Саха сирин территориятыгар бастайааннай пропискалаахтар ылаллар.

Ыспыраапкалаах устудьуон көмөнөн биир халындаарынай сыл иһинэн туһаныан сөп.

Сиһилии https://ysia.ru/kak-studentam-poluchit-sotsialnuyu-stipendiyu-v-yakutii/

This post was published on 18.09.2020 12:01 12:01