Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайыытын кэмигэр олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны улаатыннарар туһунан эттэ, 2023-2024 сылларга промышленнай иэҥҥэ тахсарга былаан баар.
Саха сирин баһылыга бэлиэтээбитинэн, регион бюджетыгар 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы хайысхатыгар 14,2 млрд солк көрүлүннэ. «Үбүлээһин 2018 сыллаахха 10,5 млрд солк буоллаҕына, билигин 14,2 млрд солк тэҥ. Оҥорон таһаарааччылары субсидиялааһын иэнэ улаатта. Холобура кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга ыанар ынахха бэриллэр харчы уопсайа 1,3 млрд солк», — диэтэ Айсен Николаев.
Ити эрээри, баһылык эппитинэн, миэрэлэр ылыллалларын үрдүнэн, Саха сирин бэйэ бородууксуйатынан толору хааччыйыыга уларыйыы суоҕун кэриэтэ. «Олохтоох ырыынагы бэйэ бородууксуйатынан толорор наада. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ билигин аска-үөлгэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга штаб быһыытынан үлэлиэхтээх. Урукку бириинсиптэртэн аккаастаныахха наада», — диэтэ кини.
Айсен Николаев регион бырабыыталыстыбатыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны элбэтиигэ миэрэлэри көрөн, үлэни ыытарыгар соруйда. «Инвестицияҕа уонна экспортка Агентство 2023-2024 сылларга олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны элбэтиигэ саҥа технологическай таһымҥа тахсар бырайыактарынан хааччыйаргытыгар. Түргэнник ситэр салааны өйүүр наадалааҕын этэбин. Ол инниттэн манан дьарыктанааччыларга АПК өйүүр пуонда нөҥүө иэстэри биэриини көрөргүтүгэр этиилээхпин», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 20.12.2022 16:01 16:01