Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев Олоҥхо дьиэлэрин биир кэлим ситимин уонна олоҥхоһуттары, оһуохайдьыттары уонна уустары судаарыстыбаттан өйүүр туһунан ыйаахха илии баттааата. Докумуон өрөспүүбүлүкэ норуоттарын эпическай нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа уонна бөҕөргөтүүгэ ананар.
«Ыйаах Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимниир уонна Ил Дархан олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга 30 тыһ солк ыйдааҕы стипендиятын олохтуур. Маны сэргэ айар бырайыактары өйүүргэ уонна Олоҥхо дьиэлэрин өрөмүөннээһиҥҥэ уонна реконструкциялааһыҥҥа сылын аайы 50 мөл солк итэҕэһэ суох харчыны көрүөхпүт», — диэн Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
Биир ситимҥэ улуустарга баар Олоҥхо дьиэлэрэ, Арчы дьиэлэрэ, фольклор , этнокультурнай кииннэр киирэллэр, устааптарыгар Олоҥхону харыстыыр, үөрэтэр, тарҕатар үлэ киирбит буоллаҕына.
30 тыһ солк стипендияны олоҥхоһуттар, өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай куонкурсун кыайыылаахтара уонна призердара, Саха сирин норуоттарын уус искусствотын илдьэ сылдьааччылар ылаллар. Барыта 21 бириэмийэ олохтонно.
Хаартыска: Андрей Сорокин
This post was published on 21.06.2022 10:01 10:01