Саха сиригэр ойуурга 9 сиргэ уот турда

Саха сиригэр бэс ыйын 25 күнүнээҕи туругунан ойуурга 9 сиргэ турбут уоту умулларыыга үлэлииллэр. 1246 гектар иэннээх сири уот салаата, диэн өрөспүүбүлүкэ ойуурга сыһыаннаһыыга департамена иһитиннэрдэ.

Ньурба уонна Мирнэй оройуонугар турбут баһаары хаптаттылар. Билигин Үөһээ Бүлүүгэ (4 га), Ленскэйгэ (үс сиргэ), Мирнэйгэ (2 сиргэ), Ньурбаҕа (1,2 га) ойуурга турбут уот хаптайа илик.

Умулларар үлэҕэ 92 десантник-парашютист, 9 тиэхиньикэ уо.д.а. үлэлииллэр.

СИА.

This post was published on 28.06.2018 15:43 15:43