Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарын кыһалҕаларын IV ойуур промышленноһын форумугар кэпсэттилэр. Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университекка (АГАТУ) буолбут мунньахха регион экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев дакылааттаата.
Миниистир солбуйааччыта транспортнай инфраструктура, баһаар классификациятын, умайыы биричиинэтин туһунан эттэ, маны сэргэ ыйытыыларга эппиэттээтэ, ол иһигэр быйыл айылҕа «мичик» гыныытыгар эрэнэр наада дуу, суох дуу диэҥҥэ.
«Халлаан туругар эрэнэр табыллыбат, тоҕо диэтэххэ килиимэт бэбиэскэтин ким да устубатаҕа. Килиимэт уларыйа турарын бары билэбит, өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ, региоммут ирбэт тоҥноох буолан, бу ордук көстөр-биллэр», ㅡ диэтэ Коноплев.
Кини эппитинэн, климатическай уларыйыылар уот туруутун катализатордарынан буолаллар, бу үксүгэр хонтуруола суох өртөөһүнтэн тахсар.
«Өртөөһүн биһиэхэ бобуллубута алта сыл буоллла, ити эрээри олохтоох нэһилиэнньэ син-биир кураанах оту уоттуур, ㅡ диэтэ миниистир солбуйааччыта. ㅡ Бу айылҕа баһаара тахсыытыгар төрүөт буолар. Өрт уота эрдэ эбэтэр хойут син-биир ойуур пуондатыгар кэлэр, ити эрээри иэнэ улаатан, онтон ону умулуннарар өссө уустуктарданан биэрэр».
Сиһилии https://ysia.ru/v-chem-slozhnost-tusheniya-lesnyh-pozharov-v-yakutii/
This post was published on 27.05.2022 17:02 17:02