Ойуур уота турар кутталлаах кэмэ саҕаланна да, Саха сирэ сөҥүүнү аҕалар тэриллээх көтөр аалы ылыаҕа. Бу нэдиэлэҕэ «Госкомобж» тэрилтэ уонна «Полярные авиалинии» АХ собуоту кытта үлэни саҕалыахтара, өрөспүүбүлүкэ сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
2022 сылга тыа баһаарыттан куттал үөскүүр сезонугар бэлэмнэниигэ Саха сирин былааһа сүрүн болҕомтону эрдэттэн сэрэтэр үлэҕэ ыытар. Дьаһаллар Биир кэлим сайдыы былааныгар суруллаллар.
Тосхол докумуонун бэлэмин Ил Дархан Айсен Николаев тохсунньу 15 күнүгэр анал мунньахха көрдө.
«Дойду президенин дьаһалынан 2022 сылга ойуур баһаарыттан куттал үөскээбэтигэр үбүлээһин эбилиннэ. Авиамониторинг, үөһэнэн уонна алларанан кэтээн көрүүгэ, баһаары умулуннарыыга», — диэтэ кини.
Билигин Былаан тустаах биэдэмистибэлэри, министиэристибэлэри, федеральнайдааҕы структуралары кытта сөбүлэсиһиини ааста, ол кэннэ бырабыыталыстыбанан түмүктүүр сөбүлэҥ таһаарыллан, Ил Дархан бигэргэтиитигэр киириэҕэ.
This post was published on 17.01.2022 13:01 13:01