Саха сиригэр ойуур уота туруутугар 27 киһи буруйдааҕа билиннэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр ойуур уонна ландшафт баһаарын утары үлэ салҕанан барар. Ыам ыйын саҕаланыаҕыттан иниспиэктэрдэр 496 патруллааһыны ыыттылар, умайыыны таһаарбат сыалтан.
Ол түмүгэр баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэспит уонна уот тахсыытыгар буруйдаах 27 киһини буллулар. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.

«Биллибит буруйдаахтартан биэһэ ойуур баһаара туруутугар сыһыаннаахтар: икки киһи Уус Алдан оройуонугар, биирдии киһи — Дьааҥыга, Мэҥэ Хаҥаласка уонна Эбээн Бытантайга. Ландшафт баһаарыгар 22 буруйдаах билиннэ. 11 — Дьааҥыга, маны сэргэ Бүлүүгэ, Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Кэбээйигэ, Горнайга, Усуйаанаҕа бааллар», – диэн экология министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Маны сэргэ, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһиинэн, 62 боротокуол толорулунна.

This post was published on 21.05.2025 15:12 15:12