Саха сиригэр ойуур уота 300 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа суоһуон сөп

Саха сиригэр бу сезоҥҥа ойуурга 90 тахса сиргэ уот туруута бэлиэтэннэ. Уот 300 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа суоһуон сөп.

Баһаартан кутталлаах кэм саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 92 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ, хайы-үйэ 100 тыһыынчаттан тахса гектар тыа умайда. Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга госкэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев иһитиннэрбитинэн, быйыл ойуур уота Саха сирин 316 нэһилиэнньэлээх пуунугар суоһуур кутталлаах.

Григорий Фоменко.

This post was published on 20.06.2018 14:06 14:06