Саха сиригэр ойуурга 20,5 тыһ га иэннээх сиргэ «Россельхознадзор» тэрилтэнэн биллэриллибит ойуур маһын кэрбээччилэргэ харантыын тохтотулунна. Ол туһунан СИА-ҕа биэдэмистибэ эттэ.
Алтынньы иккис декадатыгар «Россельхознадзор» Амур уонна Саха сирин управлениелара фитосанитарнай зонаҕа түөрт харантыыны тохтоттулар уонна Алдан оройуонугар баар аҕыс очагка харантыыны көтүрдүлэр.
Быһаарыы бу ыйыллыбыт сирдэргэ сыл устата ойуур маһын кэрбээччи үөн көстүбэтэҕинэн ылылынна (стандарт СТО ВНИИКР 2.019-2016).
Харантыын 2009 уонна 2010 сылларга олохтоммута.
Хаартыска: «Россельхознадзор» Амур уонна Саха сирин управлениета
This post was published on 07.11.2022 11:29 11:29