Дьүкээгир поэтессата, суруйааччы, ойуур дьүкээгирдэрин тылын билээччи Любовь Демина «Солнечный зайчик / Йэльоодьэн чолҕораадиэ» кинигэтигэр олоҕурбут мультфильм уон сериянан таҕыста. Саҥа таһаарыы нөҥүө хотугу кыраай кыылларын уонна үүнээйитин, кыыллар, көтөрдөр, балыктар, харамайдар, мастар, отоннор, оттор ааттарын билиэххэ сөп.
Бырайыак «Саха» НКИХ сакааһынан «Мультидитек» устуудьуйаҕа уһулунна, «Сохранение и развитие государственных и официальных языков в Республике Саха (Якутия)» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн.
Бу «Мультидитек» уонна Любовь Демина хаһыс да бииргэ үлэлээһиннэрэ.
Сериялары бу сигэнэн киирэн көр.
This post was published on 25.07.2024 14:02 14:02