Саха сиригэр балаҕан ыйын 16 күнүгэр 4 064 га иэннээх үс ойуур баһаара баар. Ыксаллаах быһыы -майгы хамыыһыйатын быһаарыытынан кинилэри умуруорууга үлэ тохтотулунна. Уот Орто Халыма уонна Томпо оройуоннарын территорияларыгар ыраах, киһи тиийбэт тиийбэт сирдэригэр баар.
Регион экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, ааспыт сууккаҕа Кэбээйи уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар үс ойуур баһаара суох оҥоһулунна. Саҥа уот көстүбэт.
Аҕыс сөмөлүөтү туһанан авиация хонтуруоллааһына былааннанар.
Өлүөхүмэ, Чурапчы, Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар, Жатайга территориальнай анал баһаартан сэрэтэр эрэсиимнэр үлэлииллэр.
This post was published on 16.09.2025 13:20 13:20