Саха сиригэр кэнники кэмҥэ ойуур баһаара элбээтэ. От ыйын 26 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 74,9 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 77 баһаар баар. Буола турар баһаардар 80%- на Уус-Майа, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар бэлиэтэммит. Арассыыйа ЫБМ-а быһыы-майгы мөлтөөһүнүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэҕэ икки Б-200 амфибия-сөмөлүөтү ыытыаҕа.
«Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ былырыыҥҥытааҕар быдан аҕыйах баһаар буола турар. Ол да буоллар, баһаар ахсаана элбиир. Аны баһаар тахсыа суоҕа дии саныыр сатаммат. Мин сорох коллегаларым үлэлэригэр сыһыаннарын сөбүлээбэтим. Билигин баар күүспүтүн- уохпутун, үбү-харчыны саҥа тахсыбыт баһаардары тута умуруорууга ууруохха наада. Мин көрдөһүүбүнэн, Арассыыйа ЫБМ салалтата сарсын Уус-Майа оройуонугар баһаары умуруорарга икки Б-200 сөмөлүөтү ыытыаҕа»,-диэн Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар, ЧС сэрэтэр уонна суох оҥорор хамыыһыйа мунньаҕын түмүгүнэн иһитиннэрдэ.
Саха сирин сирин-уотун бүтүннүүтүгэр кэриэтэ итии күн-дьыл турда, онон онтон сылтаан баһаар көрдөрүүтэ үрдүүрэ күүтүллэр. Айсен Николаев саҥа тахсыбыт баһаардары тарҕана иликтэринэ, тута бастакы сууккаҕа умуруорууга күүһү уурарга сорудахтаата. Ордук болҕомтону нэһилиэктэн чугас сытап баһаардарга ууруохха наада диэн тоһоҕолоото.
This post was published on 27.07.2022 09:11 09:11