Саха сиригэр ойуур баһаарын барытын умуруордулар

Хаартыска: НВК Саха телеграм-ханаала

Сууккаҕа Ленскэй оройуонугар 3 гектар иэннээх сиргэ ойуур баһаара умуруорулунна. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар саҥа баһаар көстүбэтэ диэн суһал штаб иһитиннэрэр, диэн НВК Саха телеграм-ханаала суруйар.

Ааспыт сылга бу кэмҥэ 350 тыһ. гектар иэннээх 105 ойуур баһаара турбута бэлиэтэнэр.

Бүгүн Саха сиригэр баһаар үөскүүр куттала баарыттан 16 көтөр аал үлэлиирэ былааннанар.

This post was published on 02.07.2025 12:49 12:49