Саха сиригэр ойуур баһаардарын утары охсуһууга биэс сөмөлүөт уонна биэс бөртөлүөт үлэлиир.
Өрөспүүбүлүкэ экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Ан- 2 уонна Cessna сөмөлүөттэр ойууру кэтээн көрөллөр Ми- 8 бөртөлүөт умулларыыга үлэлиир. СӨ ЫБМ иһитиннэриитинэн, Үөһээ Халыма улууһун Уһун Күөлүгэр уонна Муома Соболооҕор сууккаҕа 135 туонна ууну куттулар.
От ыйын 21 күн сарсыарда, Авиалесоохрана оперативнай дааннайдарынан, Саха сиригэр 64 айылҕа баһаара баар. Саамай уустук быһыы-майгы Үөһээ Халыма, Нерюнгри, Орто Халыма, Уус-Маайа уонна Өймөкөөн оройуоннарын сиригэр-уотугар буола турар. Бары нэһилиэктэри баһаарынай харыстабыл подразделениеларынан харыстаатылар.
Ааспыт күн 20 тыһыынчаттан тахса гектар иэннээх сиргэ 5 ойуур баһаарын умуллардылар. Уоту умулларыыга 750-тэн тахса киһи үлэлиир.
This post was published on 21.07.2023 10:09 10:09