Саха сиригэр ойуур баһаара 337 гектар иэннээх сири ылар

Фото: Галина Мозолевская, ЯСИА

Саха сиригэр, бэс ыйын 25 күнүнээҕи туругунан, түөрт ойуур баһаара баар. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрдэ.

Уот ылбыт сирин уопсай иэнэ 337 га, Өймөкөөҥҥө, Муомаҕа уонна Усуйаанаҕа ойуур уота баара бэлиэтэнэр, Абыйга ландшафтнай — 26 гектары хабар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ сезон саҕаланыаҕыттан 42 уот тура сырытта, уопсай иэн 5493,7 га. Ааспыт сылга бу кэмҥэ 140 ойуур баһаара баара, иэнэ 86 011,01 гектар.

Санаттахха, Мииринэй, Дьааҥы, Томпо улуустарыгар үрдүк IV кылаастаах ойуурга баһаар турар куттала баар.

This post was published on 26.06.2023 11:30 11:30