Алтынньы 21 — 25 күннэригэр Саха сиригэр оҕуруот аһын уонна фруктаны сиэһини көҕүлүүр нэдиэлэ саҕаланна. Ол туһунан регион доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйда.
Оҕуруот аһа уонна фрукта элбэх ыарыыны профилактикалыырга туһалаахтар, ол иһигэр инсульт, сүрэх ыарыыта, рак сорох көрүҥнэрэ.
Оҕуруот аһыгар уонна фруктаҕа битэмиинэ уонна клетчатката элбэх.
Доруобуйаны харыстыыр туһугар доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) күҥҥэ 400 грамм фруктаны уонна оҕуруот аһын сиэниллиэхтээх диэн быһаарар.
This post was published on 21.10.2024 18:01 18:01