Кытайы кытта кыраныысса сабыллыбытынан, фруктаҕа уонна оҕуруот аһыгар сыананы кэтээн көрөллөрүгэр Ил Дархан сорудах биэрдэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Денис Белозеров эппитинэн, оройуоннарга эмиэ рейдэлэр тэриллиэхтэрэ.
«Биһиэхэ киирбит информациянан сорох оҕуруот аһыгар сыана икки төгүл улааппыт. Ити оҕурсу уонна помидор курдук астар, урут Кытайтан киирэр эбит буоллахтарына, билигин Москваттан уонна Новосибирскайтан тиэллэн кэлиилэрин кытта сибээстээх. Ити эрээри, билигин сыананы тутар былаан оҥоһулунна. Муниципалитеттарга сурук ыытылынна. Сыананы хонтуруоллааһын кинилэр боломуочуйаларыгар баар. Сыанаҕа хонтуруол уонна кэтээн көрүү барыаҕа», — диэтэ Денис Белозеров.
Бородууктаны тастан киллэриигэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр кыттыһыахтара. Итиэннэ «Саюри» бородууксуйатыгар сыана үрдүө суоҕа. «Оҕурсу уонна помидор 140-160 солк тахсар, суордуттан тутулуктаах».
Вице-премьер эппитинэн, бырабыыталыстыба маркировкаҕа уонна сыанньыктарга болҕомтону ууруоҕа.
This post was published on 04.02.2020 15:44 15:44