Саха сиригэр оҕону иитиигэ ылар дьиэ кэргэттэргэ төлөбүрү икки бүк улаатыннарыахтара

Саха сиригэр Ийэ сылыгар оҕону иитиигэ ылар ыалларга көрүллэр ыйдааҕы төлөбүрү икки бүк эбиэхтэрэ.  Сокуон бырайыага бэлэмнэнэн Ил Түмэн көрүүтүгэр баар.

Оҕону иитиигэ ылар ыалларга көмө туһунан Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэргэ кэпсээтэ, суруйар СИА. «Ийэ сылыгар оҕону иитиигэ ылар  дьиэ кэргэттэргэ көрүллэр төлөбүрү икки бүк улаатыннарар туһунан сыллааҕы үлэҕэ ыҥырыыбар эппитим. Билигин сокуон бырайыага бэлэм, Ил Түмэҥҥэ киллэриллибит. Сыл бастакы аҥарыгар быһаарыы тахсарыгар уонна дьиэ кэргэттэр улааппыт төлөбүрү ылалларыгар эрэллэээхпин. Бу олус наадалаах дьаһал, оҕону иитиигэ ылар дьиэ кэргэттэр өйөбүллээх буолуохтаахтар», — диэтэ Айсен Николаев.

This post was published on 02.06.2022 09:01 09:01