Санаттахха, куонкурус бастакы түһүмэҕэр 350 оҕо 19 оройуонтан кыттыбыта.
«Ил Дархан Айсен Николаев Оһуохай күнүн туһунан ыйаах таһаарбыта. Ыам ыйын 25 күнүгэр ыытыллар. Онон куонкурус кэнсиэпсийэтэ суруллубута. Оһуохайы харыстыыр, национальнай үҥкүүнү сайыннарар, эдэр талааннары өйүүр сыаллаах. Мин куонкурус кыттыылаахтарыгар уонна уһуйааччыларга махтанабын», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников. Спикер эппитинэн, «Оһуокайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» сылын аайы буолуоҕа.
7 — 12 саастаахтарга бастыҥнар:
- 1 миэстэ уонна 35 тыһ солк – Домира Дорофеева Уус Алдан;
- 2 миэстэ уонна 25 тыһ солк – Алексей Шишигин Амма;
- 3 миэстэ уонна 15 тыһ солк – Эрчим Афанасьев Уус Алдан.
13 — 17 саастаахтарга:
- 1 миэстэ уонна 45 тыһ солк – Симона Макарова Таатта;
- 2 миэстэ уонна 35 тыһ солк – Эрика Базюк Үөһээ Бүлүү;
- 3 миэстэ уонна 25 тыһ солк – Саян Бардеев Хаҥалас.
This post was published on 11.12.2024 11:01 11:01