Саха сиригэр оҕо телеханаала баар буолуоҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр оҕо телеханаала үлэтин саҕалыаҕа. Ол туһунан Горнай улууһун Бэс күөлүгэр бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр култуура миниистирэ Афанасий Ноев эттэ.

Бэс күөл олохтоохторо оҕолор сылтан сыл сахалыы саҥараллара уустугуран иһэрин эттилэр.

Афанасий Ноев иһитиннэрбитинэн, быйылгыттан «Саха» НКИХ Саха сирин норуоттарын тылларынан саҥарар оҕо телеханаала баар буолар. Бу дьаһал Ил Дархан Айсен Николаев региоҥҥа биллэриллибит Оҕо саас сылын тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ буолар, диэтэ миниистир.

Телеханаал араас контеннаах буолуоҕа – бырагыраамалар, видеоблогтар, видеороликтар.

This post was published on 06.02.2024 13:01 13:01