Ис дьыала министиэристибэтин экэниэмикэҕэ куттал суох буолуутугар уонна коррупцияны утары охсуһууга управлениетын үлэһиттэрэ оҕону иитиигэ бэриллэр көмө харчыга түөкүннээһин чахчыларын арыйдылар, Саха сирэ суруйар.
Ол эбэтэр, 2023 сыллаахха Арассыыйа Федерациятын гражданствотын ылбыт Киргизия олохтооҕо матырыйаалынай балаһыанньатын тупсарар туһугар, Табаҕа бөһүөлэгин биир дьиэтигэр сымыйанан бырапыыскаламмыт. Ол кэнниттэн 17 сааһыгар диэри оҕону иитиинэн сибээстээн ый аайы бэриллэр төлөбүрү ыларга социальнай страховка өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондатыгар докумуоннарын туттарбыт.
Дьиҥэр, дьахтар атын эрэгийиэҥҥэ олорбут, ол эрээри туттарбыт докумуоннарыгар олоҕуран, 2023 сыл ыам ыйыттан 2024 сыл ыам ыйыгар диэри социальнай страховка пуондатыттан сокуону кэһэн туран, уопсайа 270 тыһыынчаттан тахса суумалаах төлөбүрү ыла сылдьыбыт.
Оттон Киргизия өссө биир олохтооҕун түүөкүннээһинин бу сыл бэс ыйыгар буллулар. Кини 2017-2024 сылларга атын дойдуга олорон эрэ, 1 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах харчыны ыла сылдьыбыт.
Бүддьүөт үбүн хорон сиэһин иһин РФ Холуобунай кодексатын 159.2 ыстатыйатынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Силиэстийэ салгыы үлэлиир уонна суһал-көрдүүр тэрээһиннэр ыытыллаллар.
This post was published on 24.09.2024 10:32 10:32