Саха сиригэр нуучча тылыгар биир кэлим эксээмэни туттарыы буолла. Икки күн ыытыллар. Бүгүҥҥү эксээмэни – 4994 киһи 199 пууҥҥа олорон суруйда, үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
От ыйын 7 күнүгэр эбии 713 киһи 13 пууҥҥа эксээмэн туттарыаҕа. Барыта 5707 киһи. Үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев №24 нүөмэрдээх Дьокуускай оскуолатыгар сырытта. Манна 94 кыттааччы 12 аудиторияҕа олорон БКЭ-рин суруйдулар.
«Дьокуускайга уопсайа 19 ППЭ үлэлиир. Барыта 1854 киһи сайаапкалааҕыттан, 1799 киһи кытынна. Биһиги сыалбыт төһө кыалларынан муҥутуур сөптөөх усулуобуйаны тэрийии. Бүгүҥҥү күн түмүгүнэн, кэһии тахсыбата”, – диэтэ Михаил Сивцев.
Кини Саха сиригэр сылын аайы нуучча тылын 100 баалга суруйааччы элбэҕин бэлиэтээтэ. “Төһө да пандемия буолбутун иһин, быйыл эмиэ сүүс бааллаахтар элбэх буолалларыгар эрэнэбит”, – диэтэ миниистир.
От ыйын 6 күнүгэр нуучча тылыгар суруллубут эксээмэн түмүгэ от ыйын 20 күнүгэр биллиэҕэ.