Саха сиригэр нуормаҕа сөп түбэспэт сылаас күн-дьыл бэлиэтэнэр

Уһук Илиҥҥи уокурукка, ону тэҥэ Саха сиригэр, нуормаҕа сөбө суох сылаас күн-дьыл бэлиэтэнэр. Бу туһунан Россия күн-дьыл туругун кэтээн көрөр сулууспата иһитиннэрэр, диэн суруйар НВК «Саха».


«Хамсыыр салгын сүүрээнэ Уһук Илиҥҥи уокурук сорох регионнарыгар нуормаҕа сөп түбэспэт сылаас күнү-дьылы аҕалла. Ордук улахан көрдөрүүтэ Магадан уобалаһыгар уонна Саха сиригэр бэлиэтэнэр», — диэн этиллэр.

Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр салгын температуратын үрдээһинэ алтынньы ортотуттан кэтэнэр. Салгын кээмэйин орто көрдөрүүтэ бу дьыл кэмигэр -24°С тэҥнэһиэхтээҕин, билиҥҥи туругунан -16 -11°С кыраадыска тэҥнэһэр. Онон нуорматтан тахсыы 13°С кыраадыс буолбут.

«Оннооҕор тымныы киинигэр Өймөкөөҥҥө күн-дьыл туругун орто көрдөрүүтэ -23.2°С кыраадыс буолуохтааҕын, алтынньы 28 күнүгэр -14.5°С кыраадыс бэлиэтэммит», — диэн гидрометкиин тоһоҕолоото.

Маннык быһыы-майгы өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр эмиэ бэлиэтэнэр.

Сылыктааһын быһыытынан бу нэдиэлэ түмүктэниэр диэри маннык температура туруо.

This post was published on 30.10.2019 15:36 15:36