Өрөспүүбүлүкэҕэ олоҕу хааччыйар уонна сир баайын туһаҕа таһаарааччы тэрилтэлэр уматыгы харайан турар ыскылааттара бэрэбиэркэлэниэхтэрэ. Быһаарыыны ыксаллаах балаһыанньаҕа регионнааҕы хамыыһыйа (КЧС) мунньаҕар ылыннылар, СИА суруйар.
«Миэрэ кэмигэр ылылынна. Билигин быһылаан тахсыбыт сирин туоратыыга үлэни түмүктүөхтээхпит. Хамыыһыйа ньиэп бородууктатын харайан турар өрөспүүбүлүкэҕэ баар емкостары бэрэбиэркэлиииргэ быһаарыы ылынна«, — диэтэ бырабыыталыстыба бастакы вице-премьера, КЧС бэрэссэдээтэлэ Алексей Колодезников.
Санатар эбит буоллахха, бэс ыйын 21 күнүгэр Арҕахтаахха дизельнай электростанция емкоһыттан уматык тохто турара булуллубута. Барыллаан суоттааһынынан, сиргэ 6,1 туонна ньиэп бордууктата тохтубут, онтон Алаһыай өрүс боротуокатын акваторийыгар 400 л тахса киирбит. Тута суһал миэрэлэр ылыллан, тохтотулунна.
This post was published on 23.06.2020 18:04 18:04