Олунньу
1-7, 23-29 — оҕуруот аһын олордорго, көһөрөргө табыгастаах күннэр
4-6, 21-23 — биэрэһи, баклажаны, элбэх хонуктаах помидору, дьиэтээҕи оҕурсууну бу күннэргэ олордуҥ
1, 5-6, 27-28 — сибэккини олордуу
2-3, 9-12, 29 — дьэдьэни олордуу.
Кулун тутар
1-7, 24-31 — оҕуруот аһын олордорго, көһөрөргө табыгастаах күннэр. Ый саҥатыгар 90-100 хонуктаах помидору олордууну саҕалыыбыт, 70-80 хонуктааҕыны ый иккис нэдиэлэтигэр тылыннарабыт — 2-4, 24-27
2-7, 25-27 — баклажаны, биэрэһи олордуу.
Муус устар
1-6, 22-30 — оҕуруот аһын олордорго, көһөрөргө табыгастаах күннэр
22-23, 27-28 — хаппыыста олордуллар
1, 4, 27 — сибэкки олордорго табыгастаах күннэр
10-с чыыһылаттан саҕалаан сиэмэ хортуоппуйу араскылата таһаарабыт. Араскылаабыт хортуоппуй тахсыыта 7-10 хонугунан эрдэлиир, аһын 6-9 хонугунан урут кутар, үүнүүтэ 10-15% үрдүүр
8-9, 24-25, 27-28 — эрдэ сииргэ анаан дьиэ түннүгэр оҕурсуну олордуохха сөп: Клавдия F1, Маринда F1, Маша, Бианка суортары
8-9, 26-27 — арбуз, дыня, кабачок
16-18 — эрдэ сииргэ сүбүөкүлэ рассадатын үүннэрии.
Ыам ыйын
1-5, 24-31 — оҕуруот аһын олордорго, көһөрөргө табыгастаах күннэр
3-5, 23-25 — оҕурсу, физалис, кабачок, патиссон олордуллар
4-5, 18-20 — моркуобу олордуу
1-4, 24-25, 29-31 — сибэккини олордуу
7, 13-15 — сүбүөкүлэни таһырдьа олордуу, хортуоппуйу олордуу
11-13, 17-18 — ыарыыны утары охсуһуу.
«Дьүөгэлэрбэр сүбэлэр» кинигэттэн Валентина Старостина, Муома улууһа
This post was published on 06.02.2023 12:34 12:34