Саха сиригэр нэдиэлэҕэ 200-тэн тахса саа тутулунна

Росгвардия управлениетын сотрудниктара регионнааҕы Ис Дьыала министиэристибэтин үлэһиттэрин кытта  Саха сирин территориятыгар саалаах хаһаайыттары кытта эрдэттэн сэрэтэр үлэни  ыыталлар. СИА биэдэмистибэ пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


Өрөспүүбүлүкэҕэ биир нэдиэлэҕэ 3316 саалаах киһи бэрэбиэркэни ааста, 140-тан тахса административнай боротокуол сурулунна, 196 гладкоствольнай уонна 25 нарезной саа, 159 устуука ботуруон тутулунна. Баҕа өттүнэн 89 регистациялаах саа уонна 100 устуука боеприпас туттарылынна. 

Бэлиэтээн эттэххэ, дьон сааны уонна саа тээбиринин сөптөөхтүк харайбатыттан, регистрация болдьоҕун кэһииттэн, учуокка туруорбакка сылдьыыттан, тиэйиигэ-таһыыга сыыһалары таһааран эппиэтинэскэ тардыллар.

Бултуу барыах иннинэ көҥүл лицензия ылар ирдэнэрин санаталлар. Ирдэнэр быраабыла барыта тутуһуллуохтаах. Итирик туруктаах сааны туттуу ыарахан буруйу оҥорооһуҥҥа тэҥнээх. Сааны, саа тээбиринин көрүүтэ-истиитэ суох хаалларыы, иккис сирэйгэ биэрии бобуллар.

Буруйу кэһээччилэри административнай ыстараап уонна сааны былдьааһын эрэ күүппэт, харайыы уонна илдьэ сылдьыы көҥүлэ эмиэ быһыллар.

This post was published on 07.09.2020 17:01 17:01