Саха сиригэр нэһилиэнньэни көмүскээһиҥҥэ аахайымтыата суох буолууну кытта охсуһуохтара

Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга госкэмитиэт ыксаллаах быһыы-майгы үөскээһиниттэн нэһилиэнньэни көмүскээһин эйгэтигэр кэтээн көрүүнү күүһүрдүөҕэ.


Былырыын биэдэмистибэ олохтоох салайыныы уорганнарын уонна юридическай сирэйдэри бэрэбиэркэлииригэр муниципалитеттар баһылыктара уонна тэрилтэлэр салайааччылара дьон олоҕун уонна доруобуйатын араҥаччылааһыҥҥа булгуччулах ирдэбиллэри толорботторун быһаарбыта. Чуолаан, ити ирдэбиллэр эппиэтинэстээх дьон гражданскай оборона, ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратыы эйгэлэригэр киирсэллэр.

Суут быһаарыытынан оройуоннар баһылыктара уонна тэрилтэлэр салайааччылара уопсайа 1,8 мөл солк. кээмэйдээх ыстараабы төлөөбүттэрэ.

This post was published on 29.03.2018 17:00 17:00