Саха сиригэр начаалынай кылаас үөрэнээччилэрэ балаҕан ыйыттан оскуолаларыгар босхо аһыахтара

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Брянскай, Новосибирскай, Владимировскай уобаластар уонна РФ сорох регионнарыгар начаалынай кылаас оҕолоро оскуолаларыгар босхо аһылыгынан хааччыллыахтара диэн, СИА РИА Новости сигэнэн суруйар.


Госдуума оптуорунньукка кыра кылаас оҕолорун итии аһылыгынан хааччыйар туһунан сокуону ылынна.

«2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ Брянскай, Новосибирскай, Владимирскай, Нижегородскай, Кировскай, Мурманскай, Самарскай уобаластарыгар, Кузбасска, Ставропольскай кыраайга, Кабардино-Балкария, Адыгея, Башкортостан, Чувашия өрөспүүбүлүкэлэригэр, Саха сиригэр уонна атын регионнарга», — диэн эттэ Биир ньыгыл Россия баартыйа «Биһиги оскуолабыт» бырайыагын сүрүннээччитэ, Госдуума депутата Алена Аршинова.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-s-1-sentyabrya-ucheniki-nachalnyh-klassov-budut-poluchat-besplatnoe-pitanie/

This post was published on 19.02.2020 12:29 12:29