Саха сирин бастакы президенэ Михаил Николаев «Музыка для всех» бырайыагын чэрчитинэн уонна Үүнэр көлүөнэни сыаллаах өйүүр пуонда «Лаборатория детства» тэрилтэ көҕүлээһиннэринэн бастакы үөрэх-ньыма кинигэ холбоһуга сахалыы тылынан таҕыста: «Ырыа ыллааһын», «Алыптаах музыка», «Музыкальнай инструменнарга оонньооһун». Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго ананар.
«Ырыаҕа анаммыт методическай босуобуйаҕа 336 ырыа киирдэ, саха мелодистара уонна биллэр ырыалар, нууччаттан сахаҕа тылбаастаммыттар. Истэр босуобуйаҕа 61 музыкальнай айымньы баар. Саха сирин улуу композитордарын үлэлэрэ — Грант Григорян, Герман Комраков, Марк Жирков, Полина Иванова уонна да атыттар. Саха худуоһунньуктарын хартыыналарынан иллюстрацияланна. Үһүс босуобуйа уратыта диэн, саха уонна оҕо оонньуур музыкальнай инструменнарыгар оонньуурга үөрэтэр ньымалар, технология киллэрилиннилэр. Бу кинигэҕэ өр сылларга оҕоҕо анаан суруйар саха мелодистарын туһунан иһитиннэрии баар», — диэн кэпсээтэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Педагогическай институтун оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтэр кафедра доцена, педагогическай наука кандидата Мария Иванова.
This post was published on 29.11.2023 16:33 16:33