Саха сиригэр муус суоллары арыйыыны ахсынньы бастакы декадатыттан саҕалыахтара

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ахсынньы бастакы декадатыттан Саха сиригэр муус суоллары түһүмэҕинэн арыйыыны саҕалыахтара. Барыллаан кыраапыгы массыына суолларын управлениета уонна «Арктика суоллара» тэрилтэ бигэргэттилэр.

Киин оройуоттарга бастакынан ахсынньы бастакы декадатыгар:

  • Өлүөнэ эбэни туоруур Хатасс — Павловскай — 3 туоннаҕа диэри;
  • «Бүлүү» трассанан Бүлүү эбэни туоруурга – 10 туоннаҕа диэри;
  •  Алдан өрүһү туоруурга «Халыма» суолга – 10 туоннаҕа диэри;
  • Таас-Үрэх — Усть-Кут Ленскэй уонна Мииринэй улуустарыгар кыһыҥҥы суол.
Муус суолларга техника уйугун улаатыннарыы мууһу халыҥатыыны кытта түһүмэҕинэн барыаҕа.

Кыһыҥҥы суоллар кыраапыктарын бу сигэнэн көр.

This post was published on 30.10.2024 17:01 17:01