Саха сиригэр муус суол арыллар болдьоҕо барыллаан билиннэ

Саха сиригэр ахсынньы 1 күнүттэн түһүмэҕинэн кыһыҥҥы уонна муус суоллар «Бүлүү» уонна «Халыма» федеральнай трассаҕа арыллаллара былааннанар.

СИА-ҕа «Бүлүү» суол управлениета эппитинэн, ахсынньы 1 күнүттэн 4 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах техникаҕа Бүлүү эбэни Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин, Күндээдэ, Устье уонна Кириэстээх аннынан туоруохха сөп буолар.

Маны сэргэ ахсынньы 1 күнүттэн Хаандыга — Мэҥэ-Алдан хайысханан Алдан эбэни туоратарга былаанныыллар.

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх муус суолу, быһа барыллаан, тохсунньу 5 күнүттэн арыйаллар. Болдьох күн-дьыл туругуттан көрөн, уларыйыан сөп.

Барыллаан кыраапыгы манна көрүҥ https://ysia.ru/nazvany-primernye-sroki-otkrytiya-ledovyh-pereprav-v-yakutii/

This post was published on 02.11.2022 15:28 15:28