22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр муниципальнай таһымҥа быыбардар буоллулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр бүгүн үлэлээбит 539 быыбардыыр учаастак быыбардааччылар куоластааһыннарыгар анаан үлэтэ түмүктэннэ. Хамыыһыйалар чилиэттэрэ бүллүтүөнү ааҕыыга киирдилэр.

Учаастактарга баартыйалартан, кандидаттартан, СР уопсастыбаннай палататыттан кэтээн көрөөччүлэр үлэлииллэр.

Быыбар түмүгэр ханнык эмэ дьайыылары оҥорор үҥсүү киирбэтэ диэн Киин быыбардыыр хамыыһыйа биллэрдэ.

Абый, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Бүлүү, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Орто Халыма уонна Томпо улуустарыгар баһылыктарын таллылар. 189 нэһилиэк баһылыга уонна 2760 депутат 275 бэрэстэбиитэллээх уоргаттарга талылыннылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА