Саха сиригэр мультфильм киинэ тэҥнээх буолуоҕа

Ил Дархан Айсен Николаев сотору кэминэн Саха сиригэр мультфильмы оҥоруу кэҥэтиллэригэр эрэнэрин эттэ. Саха киинэтин курдук аар-саарга аатырыан сөп диэтэ кини, суруйар СИА.

«Мультфильмы оҥорууга саҥа ылсан эрэбит. Айар талааннаах ыччат кыаҕын сыаналаатахха, анимацияҕа, мультипликацияҕа Саха сирин улахан ситиһии күүтэр», — диэтэ Айсен Николаев.

Маннык санааны «Союзмультфильм» устуудьуйа дириэктэрэ Борис Машковцев эмиэ эппитэ. Саха сирэ улахан кыахтаах художественнай үөрэхтээһиҥҥэ, сайыннарыахха эрэ наада, диэбитэ.

This post was published on 29.03.2021 12:01 12:01