Саха сиригэр муҥха үгэнэ

Бу күннэргэ Саха сирин күөллэригэр муҥхалааһын үгэнэ. Дьон собо хаһаанар кэмэ, кыһыны быһа «Д» битэмииннээх балыгы сиэн наада. Онто суох доруобуйа мөлтүүр.

Чурапчыттан Виктория хаартыска ыытта уонна кэпсиир:

— Быйыл күөллэрбит күндүлээтилэр, балык элбэх. Кыһын сиир собобутун булуннубут. Маннык уопсай муҥха буолара наһаа үчүгэй, саха сиэрэ.

This post was published on 05.11.2025 17:37 17:37