Саха сиригэр Монголиятан итии салгын маассата кэлэн +34 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа

Фото: Анна Лебединская/ЯСИА

Саха сиригэр эмиэ 30 кыраадыстаах куйаас төнүннэ. Өрөспүүбүлүкэ кэккэ оройуоннарыгар температура үрдээһинин төрүөтүнэн Монголияттан кэлбит итии салгын маассата буолла.

«Биһиги өрөспүүбүлүкэбит илин өттүгэр сылаас, бэл итии күн-дьыл турбута, онтон арҕаа өттүгэр сөрүүн, ардахтардаах этэ. Билигин күн-дьыл туруга уларыйда. Арҕаа өттүгэр Монголияттан олус итии салгын маассата кэллэ», — диэн гидрометеорологияҕа уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ Саха сиринээҕи управление начальнигын солбуйааччы Татьяна Маршалик быһаарда.

Кини этэринэн, өрөбүл күн арҕааҥы оройуоннарга, Өлөөҥҥө тиийэ  +30 +34 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Салгыы куйаас Саха сирин киин уонна соҕуруу оройуоннарыгар тарҕаныаҕа. Ол курдук, оптуорунньукка күнүс Дьокуускайга +31 сыл+33 кыраадыска диэри сылыйыаҕа. Быстах кэмҥэ сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ диэри тыаллаах ардах түһэрэ күүтүллэр.

This post was published on 24.07.2023 15:02 15:02