Саха сиригэр эмиэ 30 кыраадыстаах куйаас төнүннэ. Өрөспүүбүлүкэ кэккэ оройуоннарыгар температура үрдээһинин төрүөтүнэн Монголияттан кэлбит итии салгын маассата буолла.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбит илин өттүгэр сылаас, бэл итии күн-дьыл турбута, онтон арҕаа өттүгэр сөрүүн, ардахтардаах этэ. Билигин күн-дьыл туруга уларыйда. Арҕаа өттүгэр Монголияттан олус итии салгын маассата кэллэ», — диэн гидрометеорологияҕа уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ Саха сиринээҕи управление начальнигын солбуйааччы Татьяна Маршалик быһаарда.
Кини этэринэн, өрөбүл күн арҕааҥы оройуоннарга, Өлөөҥҥө тиийэ +30 +34 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Салгыы куйаас Саха сирин киин уонна соҕуруу оройуоннарыгар тарҕаныаҕа. Ол курдук, оптуорунньукка күнүс Дьокуускайга +31 сыл+33 кыраадыска диэри сылыйыаҕа. Быстах кэмҥэ сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ диэри тыаллаах ардах түһэрэ күүтүллэр.